САЛЛААТ АҔАТА (Бастакы кинигэ)

150,00 

ЗАПОРОЖИЕ ХАЙЫСХАТЫНАН ИННИКИ КИРБИИГЭ

Бу кинигэҕэ Валерий Николаевич бэйэтин таһынан СВО-ҕа кинини кытары бииргэ сэриилэһэ сылдьар араас омук
дьоно, сэргэстэһэ чаастарга сылдьар саха сирин уолаттара кэпсэнэллэр.
Олор эрэ буолуо дуо?, Донескай, Луганскай, Харьковскай хайысханнан сылдьар хорсун саха сэрииһиттэрэ сэһэҥҥэ
киирдилэр.

Категория:

Описание

СВО-ҕа баран инники кирбиигэ сылдьар Валерий Николаевич Попов СВО Запорожие
хайысхатыгар бара турар балаһыанньаны сэһэргиириттэн “Саллаат аҕата” сэһэн сурулла сылдьар.
Сыллар-хонуктар ааһыахтара, эйэлээх, үтүө олохтор эргиллиэхтэрэ, ол кэмҥэ: -“Дойдубутугар
ыарахан түгэн баар буола сылдьыбытын, сахаттан элбэх эр дьон дойду көмүскэлигэр турбутун ” – бу кылгас
сэһэннээх кинигэбит санатыа.

Бу кэпсээҥҥэ “Дойдум көмүскэлигэр” диэн сэриигэ барбыт кыра уолун Албаны кытары бииргэ сылдьаары бэйэтин көҥүл
санаатынан военкомакка “Доброволеһынан” суруттаран украинаҕа барбыт табаарыһым Валерий Попову кэпсииринэн сурулла сылдьар
сэһэни дьон иннигэр сэгэтэн көрөөрү гынабын. Сааһыран эрэр саха дьонуттан, – Эдэрдэр оннуларыгар олоруоҕу олорбут дьон биһиги
барарбыт ордук – диэн санааттан баран сэриилэһэ сылдьааччылар да бааллар, – Уолаттарбытын кытары бииргэ сылдьыахпыт-диэн
санааттан барааччылар эмиэ бааллар. Бу соторутааҕыта уола СВО-ҕа барбытын батыһан биир дойдулааҕым Олег Степанов
эмиэ баран эрэр диэн кэпсээн баара. Үс, Сунтаар алта уон саастаах дьоно блиндаж иһигэр, – Улууспут баһылыга ас-үөл аҕалбытын
көрсөн ылан кэллибит- диэн махтана, онтуларын быыһыгар, – Артиллерийа ытыалааһыныгар түбэһэн ыт буола сыстыбыт –
диэн күө-дьаа буолан, күлэ-үөрэ аһыы олороллоро батсаапка тахсыбыта. Валерий Попов оннук дьонтон биирдэрэ буолар. Мин
көрүүбэр – Оҕолорбут оннугар бэйэбит эбэтэр уолаттарбытынаан бииргэ – диэн сэриигэ күргүөмнээн барар саастаах дьон хайа да
атын омукка суох.